Главная » 2018 » Октябрь » 20
Доруобай ийэ – дьоллоох дьиэ кэргэн.
Дьиэ кэргэн тулалыыр эйгэтэ, уйул5ата барыта ийэттэн тутулуктаах.
Хайа ба5арар ийэ доруобай, чөл туруктаах буолла5ына дьиэ кэргэн эмиэ оннук сал5анан, утумнанан сайдар.
Ол курдук, бу дьыл алтынньы 17 күнүгэр «Алгыс» норуот култууратын киинигэр ийэ нэдиэлэтин чэрчитинэн, Маар орто оскуолата «Доруобай ийэ – дьоллоох дьиэ кэргэн» диэн биир улахан тэрээһини ыытта. Манна ийэлэрбитигэр анаан, Маардаа5ы реабилитационнай киин психолога, «Хотугулуу хаамыы» кө5үлээччитэ Васильева И.И. хаалыктаах хаамыы ньымаларын, эккэ- хааңңа, доруобуйа5а туһатын кэпсээтэ. Маны сэргэ, «NL»,«Мейтан» диэн аныгы бэйэни тупсарыы бородууксуйанан дьарыктанар Трофимова А.В., Михайлова А. Н. араас субэ-ама биэрэн, санаа, уопут атастастылар. Тэрээhини «Алгыс» норуот култууратын киинин үңкүүгэ салайааччыта Седалищева А.Г. ийэлэрбитигэр фитнес-аэробиканы үөрэтиинэн түмүктээтэ.
Онон, биhиги ийэлэрбит олус интэриэhинэй тэрээhиңңэ сылдьан, туhалаах сүбэ-ама ист ... Читать дальше »
Просмотров: 521 | Добавил: Андро | Дата: 20.10.2018 | Комментарии (0)